Бэлэм буол 75 сыла! Дата: 2011-05-18 Күндү ааҕааччылар, Эһиги болҕомтоҕутугар периодика отделыгар «"Бэлэм буол" хаһыат 75 сылыгар анаммыт быыстапкаҕа ыҥырабыт.
1936 сыл. Айылҕа сааскы уһуктуутун кытта тэҥҥэ Саха Сирин пионердара сахалыы тылынан тахсар бэйэлэрэ «Бэлэм буол» диэн хаһыаттаммыттара. Онтон ыла 75 сыл ааста.
1990 сыл сэтинньи 7 күнүгэр «Бэлэм буол» «Кэскил» диэн ааттанан, пионердарга эрэ буолбакка. Оскуола оҕолоругар бүтүннүүлэригэр ананан тахсар хаһыат буолбута. Ону тэҥэ «Юность Севера» диэн нууччаалыы тахсар оҕо хаһыата олохтоммута.
«Бэлэм буол» - «Кэскил» - «Юность Севера» итинник уларыйан-тэлэрийэн, 75 сыллаах үбүлүөйүгэр тиийэн кэллэ.
Матырыйааллар республиканскай хаһыаттартан, сурунааллартан ылылыннылар.
ХИФУ НБ, периодика отдела , 2 этээс, 201 каб. Просмотров: 1881
|